Ева
Тас көрүҥэ
Ева (ивр. חַוָּה, Тыыннаах, Олохтуур) диэн бастакы дьахтар. Адам ойоҕо. Оҕолоро Каин, Аабыл, Сет. Үөскээһин битигэ кэпсииринэн, Таҥара Еваны Адам ойоҕоһуттан ылан айбыта. Адам уонна Ева Эден чэчирэҥэр олорбуттара. Таҥара онно баар Үчүгэйи-куһаҕаны билии маһын отоннорун сиэмэҥ диэн Адамы сэрэтэр. Ева ол этэрин истибэтэҕэ. Хантан эрэ кэлбит Моҕой бобуулаах отону амсай диэн Еваны күөттүүр. Ева отону сиэн баран Адамҥа сиэтэр. Таҥара бобуутун кэспиттэрин иһин Адам уонна Ева ырайтан сиргэ букатын кыйданаллар.