1998
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1994 1995 1996 1997 — 1998 — 1999 2000 2001 2002 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1998 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — Арассыыйаҕа деноминация ыытыллыбыт. Саҥа биир солкуобайга 1000 урукку солкуобай тэҥнэһэр буолбут, туттууга копейка төннүбүт.
- Тохсунньу 12 — Европа 19 дойдута киһини клоннааһыны боборго сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- Тохсунньу 23 — СГУ ректора Василий Филиппов Ил Түмэн Өрөспүүбүлүкэ палаататын бэрэстээтэлинэн талыллыбыт. Михаил Николаев бу дуоһунаска Егор Жиркову көрөр этэ, ол эрээри санаатын Вячеслав Штырову кытта тохсунньу 21 күнүгэр көрсүһүү кэнниттэн уларыппыта диэн көмөлөһөөччүтэ Иван Николаев кинигэтигэр суруйар. Василий Филиппов кэлин быһаарыылаах кэмҥэ Талакааҥҥа куоластааһыны тохпута, Михаил Николаев үһүс болдьоххо барыытын эмиэ туорайдаабыта.
- Тохсунньу 24 — Вячеслав Штыров туруорсуутунан 1992 сыллааҕы дуогабар хос көрүллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнөр урукку "Якуталмаз" ПНО имущественнай комплексын куортамын сыаната 27 бырыһыантан 21,5 бырыһыаҥҥа түспүт. Бу төлөбүр оччотооҕуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн киирэр үбүн сүрүн ыстатыйата этэ. Маны таһынан, Штыров туруорсуутунан, бу кэмҥэ тэрилтэ имущественнай комплексын сыаната уонтан тахса төгүл түһэриллибитэ.
- Тохсунньу 25 — Куубаҕа сылдьыытын кэмигэр Рим паапата Иоанн Павел II дойдуга бэлиитикэ уларыйыахтааҕын уонна бэлиитикэ хаайыылаахтарын босхолууру модьуйбут, ону таһынан АХШ Куубаны изоляциялыы сатыырын сөбүлээбэтин эппит.
- Тохсунньу 29 — Дьокуускайга Тиэрмин-арпагыраапыйа хамыыһыйатын (ТАХ) мунньаҕар саха тылын саҥа алпаабытын, арпагыраапыйатын бырайыактара дьүүлгэ турбуттар. Хамыыһыйа элбэх бэлиэтээһини, этиини киллэрбит, бырайыактары сүнньүнэн сөптөөҕүнэн аахпыт уонна 1998 сылга үлэни түмүктээн ТАХ киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар дьүүлгэ туруорарга быһаарбыт. Ол кэнниттэн хамыыһыйа салалтата уларыйбыта, үлэ түмүктэниитэ харгыстаммыта.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 28 — Косово сэриитэ саҕаламмыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 13 — «АЛРОСА» Кэтиир сэбиэтин быһаарыытынан хампаанньа бырабылыанньатын бэрэстээтэлинэн Вячеслав Штыров талыллыбыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 24 — Татаар аан дойдутааҕы кэҥгириэһэ Арассыыйа юстициятыгар бэлиэтэниини ааспыт.
- Муус устар 24 — Сергей Кириенко РФ бырабыыталыстыбатын баһылыгынан анаммыт.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 6 — Стив Джобс (Apple Inc.) бастакы iMac көрдөрбүт.
- Ыам ыйын 13 — Джакартаҕа (Индонезия) бөдөҥ дьалхаан кэмигэр олохтоох кытайдар маҕаһыыннарын халаабыттар, дьахталларын күүһүлээбиттэр.
- Ыам ыйын 28 — "Чагай-I" бырайыак чэрчитинэн Пакистан бэйэтин бастакы атомнай бомбаларын дэлби тэптэрбит. Инньэ гынан Пакистан ядернай сэрии сэбин бас билэр ахсыс судаарыстыба буолбут.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 19 — Саха дьахталларыттан бастакы гроссмейстер Александра Бурнашева сүүс харахтаах дуобакка дьахталларга Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолбут.
- Бэс ыйын 20 — "ЛОРП" аһаҕас акционернай общество буолбута.
- Бэс ыйын 25 — «Windows 98» оперционнай систиэмэ тахсыбыт.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 10 — Усуйаана улууһугар үөскүү сылдьыбыт Власово бөһүөлэк учуоттан уһуллубута. 1989 с. биэрэпискэ 2087 киһи олоро сылдьыбыта бэлиэтэммит.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 21 — Оҕо уонна ийэ харыстабылын киинин Педиатрия клиниката бастакы кырачаан пациеннары көрбүт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 15 — Mail.ru босхо электрон почта сервиһэ аһыллыбыт.
- Алтынньы 29 — Аан дойдуга куйаарга көппүт саамай кырдьаҕас киһи, 77 саастаах Джон Гленн, орбитаҕа тахсыбыт. Ону тэҥэ Гленн — АХШ-ка бастакы астронавт (1962 сыллаахха Гагарин уонна Титов кэннилэриттэн көппүтэ).
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 1 — Европатааҕы киһи быраабын суута олохтоммут.
- Сэтинньи 3 — «Сахаювелир» ХЭТ үлэлииригэр анаан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 43 кг көмүһү уонна 1200 караат бирилийээни иэс биэрэргэ уураах таһаарбыт.
- Сэтинньи 20 — Байконур космодромуттан "Заря" диэн Дойдулар ардыларынааҕы космос станциятын (нууч. Международная космическая станция - МКС) бастакы модула орбитаҕа таһаарыллыбыт. МКС билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлиир, бырайыакка 14 дойду кыттар, 2020 сыл туругунан станцияҕа 241 космонавт сылдьыбыт. Станцияҕа уопсайа 100 миллиард евро бараммыт диэн сабаҕалааһын баар, инньэ гынан космос бырайыактарыттан саамай үрдүк сыаналаахтара буолар.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 28 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Петров Афанасий Прокопьевич, РСФСР уонна Саха АССР норуот артыыһа.
- Кулун тутар 15 — Бенджамин Спок (1903 төр.), аан дойдуга биллибит педиатр быраас, кыра оҕону көрүүгэ кинигэлэр ааптардара.
- Ыам ыйын 14 — Фрэнк Синатра (1915 с.т.), АХШ ырыаһыта, артыыс уонна шоумен.
- Бэс ыйын 26 — Алексей Бродников (26.02.1917 төр.) — бэйиэт, прозаик, СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэрии кыттыылааҕа. 1965 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Атырдьах ыйын 21 — Чертов Юрий Алексеевич - нуучча суруйааччыта. СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- Алтынньы 6 — Колбунов Владимир Акимович, Советскай Союз Геройа.
- Алтынньы 12 — Александр Иннокентьевич Самсонов — Айыы Уола (7.1.1978 — 12.10.1998) — саха эстрадатын ырыаһыта
- Сэтинньи 10 — Александра Охлопкова — сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы (1969-1985).
- Алтынньы 6 — Владимир Колбунов — cэрии иннинэ Ааллаах Үүн бириискэлэригэр, Хаҥалас шахтатыгар үлэлээбит Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Сэтинньи 22 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.
- Ахсынньы 20 — сэр Алан Ходжкин (1914 төр.), Британия нейрофизиолога уонна биофизигэ, Нобель физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ бириэмийэтин лауреата (1963).