Куртах
Тас көрүҥэ
Куртах(желудок,латн. gaster)
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куолай уонна синньигэс оһоҕос икки ардыгар баар,аһы буһарар көндөй,былчыҥ орган буолар.
куртах кураанах сабардама 0,5 лиитирэ буолар.Онтон ууннаҕына -3-4 лиитирэҕэ дылы тиийиэн сөп.Уһуна-18-20см,ууннаҕына- 24-26 см дылы.
Куртах тутулуга:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- инники стенката
- кэнники стенката
- кыра эргиир,
- лахан эргиир
Куртах түөрт отделлаах:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- кардиальнай
- куртах түгэҕэ
- куртах этэ-сиинэ
- пилорическай
Куртах стенката 4 араас бүрүөһүттэн турар:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ис бүрүөһүн
- Ис аннытааҕы бүрүөһүн
- Быччыҥ бүрүөһүн
- Тас бүрүөһүн
Куртах былчархайдара: Киһи куртаҕар 15 мөлүйүөн кэринэ былчархай баар,биэс сүрүн көрүн баар:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Боростуой
- урба курдук
- Салаалаах
- Салаата суох
- Пилорическай
Бу былчархайдар куртах согун оҥороллор. Күҥҥэ ортотунан 1-2,5 лиитирэҕэ дылы оҥоһуллар.
Куртах аһы буһарар сүрүн оруола:.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аһы биир сиргэ мунньан илдьиритэр уонна салгыы атаарыы.
- . Аһы куртах согун көмөтүнэн буһарыы. Күҥҥэ 1-2,5 л. сок оҥоһуллар(аһы буһарар сүмэһин-песин,химозин,липаза уонна солянай кислота)
- Кыһыл хаан эттигин аҕыйатарга утарар сүмэһин таһаарааһына.(фактор Касла диэн)В12 битэмиини иҥэрии.
- Ууну,тууһу уонна саахары оборуу.
- Экскретознай.
- Аһы буһарар сүмэһин таһаарыы.(Ол эбэтэр гормоннары таһаарыы-Гастрин,мотилин,соматостин,гистамин,серотин уо.д.а)
- Сүһүрүүттэн харыстааһын.Үгүс бактерияны солянай кислотанан өлөрүү.
Куолайтан киирбит аһылык куртах согун кытта буккуһан,куртах быччыннарынан буккуллан убуур.Куртах иһигэр ханнык уонна төһө элбэх ас киирбитинэн 20 мүнүүтэттэн ө чааска дылы тохтуур уонна чаас аайы синньигэс оһоҕоско ааһар.Куртах иһигэр аһылыктан сорох уута,тууһа,саахара иҥэһиллэр,белок тыырыллар. Куртах иэнэ-кураанаҕар 0,5 л., ас киирдэҕинэ 1-1,5 л. ,ууннаҕына ҥ л. дылы кэҥиэн сөп.Куртах аһылыгы буһарарга,иҥэмтилээх эттиктэри аһылыктан иҥэрэргэ суолтата улахан.
Куртах сүрүн ыарыылара:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Куртах ис бүрүөһүн тымныйыыта.
- Куртах тас бааһа.
- Куртах дириҥ бааһа.
Куртах ыалдьыбатын гына:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аһы үчүгэйдик ыстыахтааххын
- Аһары арыыта суох,ыарахан буолбатах аһы сиэхтээххин
- Наһаа элбэх аһы сиэбэххин
- Бириэмэтигэр сылаас ас сиэхтээххин.
Сигэлэр:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Слепцов Ю.Д - Мэнэ-Ханалас районнаа5ы балыыhaтын эндоскопист бырааhа.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|